2022 сыл
Тас көрүҥэ
Сыллар |
---|
2018 · 2019 · 2020 · 2021 — 2022 — 2023 · 2024 · 2025 · 2026 |
Уонунан сыллар |
2000-с · 2010-с — 2020-с — 2030-с · 2040-с |
Үйэлэр |
XX үйэ — XXI үйэ — XXII үйэ |
2022 сыл
Туох буолбута
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Холобоһуктаах Наассыйалар тэрилтэлэрэ 2022 сылы биирдиилээн киһи балыктыыр уонна аквакултуура сылынан биллэрбитэ[1].
- Арассыыйа омуктарын култуураларын утумун сыла;
- Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ сыла;
- Беларуська устуоруйаны өйдүүр-саныыр сыл;
- Азербайджааҥҥа Шуша куорат сыла;
- Узбекистааҥҥа Норуот интэриэһин хааччыйыы сыла;
- Казахстааҥҥа Оҕо сыла.
Түбэлтэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Тохсунньу
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Олунньу
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Олунньу 24:
- Арассыыйа сэбилэниилээх күүстэрэ Украинаҕа киирбиттэр;
- Көмпүүтэр оонньуутун оҥорор «Майтона» хампаанньа үлэһиттэригэр суруйбут суругар ыарахан кэмнэр саҕаламмыттарынан уонна Сингапур Арассыыйа судаарыстыбатын утары санкцияны биллэрбитинэн (холдинг сүрүн хампаанньата MYTONA PTE LTD онно аадырыстаах), Арассыыйаҕа үлэтин хааччахтыырын туһунан суруйбут[3].
Кулун тутар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Кулун тутар 9 — Ол саҕана Саха сиригэр саамай улахан информационнай ситим-сир Ykt.Ru портаал бэйэтэ сабылларын туһунан биллэрбит. Ол туһунан портаал сүрүн сирэйигэр бырайыагы төрүттээччи Арсен Томскай суруйбут. Кини сабыллыы бастакы төрүөтүнэн биллэрэр-иһитиннэрэр таһаарыыларга сокуон тыйыһырыыта буолбутун ааттаабыт[4].
- Кулун тутар 11 — АХШ минфинэ сорох Арассыыйаҕа оҥоһуллубут табаардары дойдуга импортыыры боппут, ол иһигэр алмаас бары көрүҥнэрин (техническэй алмаастан ураты)[5].
- Кулун тутар 15 — Европа Сойууһа экэниэмикэҕэ Арассыыйаны хаааччахтыыр 4-с пакеты ылыммыт, онно бриллианнары уонна көмүс оҥоһуктары киллэрбит.
Муус устар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Муус устар 8 — АХШ минфинэ (OFAC) Саха сиригэр алмааһы хостуур "АЛРОСА" хампаанньаны хааччахтыыр испииһэккэ (нууч. санкционные списки) киллэрбит[6]. Испииһэккэ киирбит хампаанньалар баайдара-дуоллара АХШ сиригэр-уотугар баар буоллаҕына туһаныллыбат буолар (нууч. блокируется) уонна АХШ тэрилтэлэрэ уонна дьоно бу хампаанньалары кытта үлэлииллэрэ бобуллар.
Бэс ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Бэс ыйын 5 — Казахстааҥҥа бырабыыталыстыбаны утары дьалхаан кэнниттэн конституцияҕа уларытыы киллэрэр туһунан референдум буолбут. Референдум түмүгүнэн сүрүн сокуон 98 ыстатыйатыттан 33-гэр уларытыы киирбит. Толорор былаас боломуочуйата кыччатыллыбыт, ол оннугар түмэн күүһүрэн биэрбит.
Балаҕан ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Балаҕан ыйын 25 — Дьокуускайга "Дьахталлар оһуохайдара" буолбут[7].
Алтынньы
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Алтынньы 8 — Виктор Потаповка Саха сирин олохтоохторуттан бастакынан (уонна Арассыыйаҕа 2022 сыллаахха соҕотох киһиэхэ) «Арассыыйа Федерациятын норуодунай учуутала» сыбаанньа иҥэриллибит.
Сэтинньи
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Сэтинньи 15 — Дьокуускай олохтоохторун Аҕа дойду улуу сэриитин кэмигэр кыайыыга сүдү кылааттарын билинэн Дьокуускайга "Үлэ килбиэнин куората" ытык аат иҥэриллибит.
- Сэтинньи 18 — "Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тылбаас туруга уонна кыһалҕата" диэн кэпсэтии түһүлгэтин ХИФУ Саха тылын уонна истиилин хаапыдырата тэрийэн ыытта.
- Сэтинньи 21 — Тыллары сайыннарар сүбэ мунньаҕар Ил Дархан Айсен Николаев саха тылын бөҕөргөтүүгэ кэккэ этиилэри киллэрэр.
- Сэтинньи 22 — Саха тылын уонна литэрэтиирэтин учууталларын II сийиэһэ аһыллар.
- Сэтинньи 23 — Дьокуускайга "Үлэ кыбартаала" диэн ааттаах айар-тутар дьоҥҥо уонна тэрилтэлэргэ аналлаах уораҕай аһыллыбыт. Манна IT, киинэ, анимация, муода, дизайн, музыка, көмпүүтэр графиката, ойуулуур ускуустуба, хаартыска уонна видеопродакшн эйгэлэригэр үлэлиир резиденнэргэ айарга-тутарга усулуобуйа тэрийэллэр[8].
Ахсынньы
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Ахсынньы 2 — С-Петербург аттыгар Нева кытылыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин аатыттан Ленинграады көмүскээбит Саха сирин буойуттарыгар мэҥэ таас турбут. Улуу сэрии кэмигэр ити Нева тилэхчээнэ (Невский пятачок) диэн ааттанар үрдэли баһылыыр иһин кыргыһыыларга сэттэ ый иһигэр 50-85 тыһыынча сэбиэскэй саллаат өлбүт. Ол иһигэр сүүстэн тахса Саха сириттэн сылдьар дьон.
- Ахсынньы 23 — Татарстан түмэнэ өрөспүүбүлүкэ конституциятыгар уларытыы киллэрэн Татарстан өрөспүүбүлүкэтин баһылыгын солотун аатын уларыппыт, саҥа талыллар баһылык "бэрэсидьиэн" оннугар "раис" диэн ааттанар буолбут (сокуон ылыллыбыт кэмигэр олорор бэрэсидьиэн солотун аата оннунан хаалыахтаах, ол аата 2025 сылга буолуохтаах быыбарга диэри)[9].
- Ахсынньы 31 — Татарстан Конституциятын суута үлэтин тохтоппут, бу туһунан сокуоҥҥа Татарстан бэрэсидьиэнэ Минниханов 2022 сыл алтынньы 21 күнүгэр илии баттаабыта[10].
Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Атырдьах ыйын 10 — Максим Сибиряков (89), Саха аатырбыт бөҕөһө. Сэбиэскэй-партийнай, хаһаайыстыбаннай салайааччы, үс оройуон, биэс нэһилиэк Бочуоттаах олохтооҕо, Саха сирин көҥүл тустууга сэттэ, хапсаҕайга икки төгүллээх чөмпүйүөнэ, ССРС уонна Саха АССР спордун маастара.
- Сэтинньи 16 — Василий Рожин, сахалыы уонна нууччалыы суруйбут бэйиэт, СӨ эдэр литератордарын түмсүүлэрин чилиэнэ.
Быһаарыылар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- ↑ Международные годы(нууч.). www.un.org (6 Тохсунньу 2015).
- ↑ Екатерина Тонкопей. Число зараженных COVID-19 в мире превысило 300 млн человек(нууч.) (7 Тохсунньу 2022).
- ↑ Ирина Юзбекова, Владислав Скобелев, «Денег нет, делайте что хотите»: как геймстудии уходят из России и сокращают персонал, Forbes
- ↑ Решение в ответ на сложившуюся ситуацию: Арсен Томский объявил закрытии Ykt.Ru
- ↑ Форбс: Запад ввел санкции против алмазов и бриллиантов России: как это скажется на «Алросе»
- ↑ Интерфакс: США ввели санкции против "АЛРОСЫ" и предприятий ОСК
- ↑ Севастопольский новостной портал
- ↑ «Квартал труда» – дом для креативных предпринимателей Якутии
- ↑ Парламент Татарстана принял закон об упразднении должности президента республики
- ↑ Рустам Минниханов подписал закон о ликвидации Конституционного суда РТ