[go: up one dir, main page]

Иһинээҕитигэр көс

Балаҕан ыйын 26

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Балаҕан ыйын 26 диэн Григориан халандаарыгар сыл 269-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 270-c күнэ). Сыл бүтүө 96 күн баар.

  • Б. э. и. 46 сылФарсала анныгар кыргыһыы кэмигэр биэрбит андаҕарын толорон Юлий Цезарь Риимҥэ тутуллубут бөдөҥ храмы Венераҕа анаабыт. Билигин храамтан үс колонна ордон хаалбытын Риимҥэ көрүөххэ сөп.
  • 715 — Компьен аттынааҕы кыргыһыыга Рагенфрид урукку франктар герцогтарын сиэнин Теудоальды кыайбыт.
  • 1087 — Вильгельм II Англия хоруонатын кэппит, 1100 сыллаахха диэри бүрүстүөлгэ олобута.
  • 1345 — Фризтэр Варнс аттынааҕы кыргыһыыга Голландияны кыайбыттар. Нидерланд хоту өттүгэр Фрисландия диэн региоҥҥа олорор фриз омуктар (фриз тылынан 470 тыһ. киһи саҥарар) билигин да бу күнү киэҥник бэлиэтииллэр.
  • 1580 — Аатырбыт Англия пирата Фрэнсис Дрейк аан дойдуну эргийэн дойдутугар тиийбит.
  • 1629Речь Посполита уонна Швеция ыккардыларыгар Альтмаркатааҕы сөбүлэҥ түһэрсиллэн 1600—1629 сыллар устата буолбут Польша-Швеция сэриилэрэ түмүктэммиттэр.
  • 1687Венеция аармыйата Афины куораты ытыалааһынын кэмигэр Парфенон храм урусхалламмыт.
  • 1799Иккис коалиция сэриитин кэмигэр Массена салалталаах француз аармыйата Корсаков хамаандалаах нуучча сэриитин Швейцарияҕа Цюрих анныгар кыайбыт. Иккис коалиция сэриитэ (1798/9 – 1801/2, хайдах ааҕартан тутулуктаах) диэн Британия, Австрия уонна Арассыыйа импиэрийэлэрин салалтатынан, кинилэри өйүүр Осмаан импиэрийэтэ, Португалия, Неаполь уонна ньиэмэс тутулуга суох монархиялара (ол саҕана Германия холбоһо илигэ) кыттыгастаах Франция Өрөспүүбүлүкэтин утары сэриилэрэ этэ, соруктара — Францияны мөлтөтүү уонна дойдуга хоруолу төнүннэрии. Бу хотторууттан сылтаан Арассыыйа сэрииттэн тахсарга күһэллибитэ.
  • 1854Кырыым сэриитин кэмигэр Англия, Франция уонна Осмааннар импиэрийэлэрин холбоһуктаах сэриилэрэ Севастополь куораты осаадалаабыттар. Куораты 11 ыйдаах көмүскээһин саҕаламмыт, түмүгэр куорат өстөөххө бэриллибитэ, сотору кэминэн эйэлээх сөбүлэҥ түһэрсиллэн сэрии түмүктэммитэ.
  • 1887АХШ айааччыта Эмиль Берлинер граммофону патеннаабыт.
  • 1960Куба баһылыга Фидель Кастро ХНТ устуоруйатыгар саамай уһун тылы эппит — 4 чаас 29 мүнүүтэ.
  • 1969 — Байкааллааҕы айылҕа-биосфера заповеднига үөскээбит.
  • 1983Сэбиэскэй Сойууска дьуһуурунай офицер Станислав Петров ядернай ракета көтөн иһэр сигналын сымыйа диэн быһаарбыт, "тревога" биллэрбэтэх. Инньэ гынан ядернай сэрии саҕаланыахтааҕын мүлчүрүппүт. Кэлин киниэхэ элбэх дойдулар ардыларынааҕы наҕараадалары туттарбыттара, кини туһунан "Аан дойдуну быыһаабыт киһи" диэн киинэ устубуттара.
  • 2002 — Атлантика далайыгар Гамбия кытылын аттыгар «Джула» диэн Сенегал парома тимирбит, 1863 киһи өлбүт. Байҕалга буолбут XXI үйэ уһулуччу бөдөҥ саахала.
  • 2003 — Бикипиэдьийэ иннинээҕи Нупедия диэн бырайыак үлэтэ тохтотуллубут.
  • 2008Монголия киин куоратын Улаанбаатар кытыытыгар Чыҥыс Хаан саамай улахан статуята аһыллыбыт, үрдүгэ — 40 м.
  • 2016Колумбия бырабыыталыстыбата уонна өрө турааччылар ыккардыларыгар сөбүлэҥ түһэрсиллибит. 1964 сыллаахтан тохтооботох Гражданскай сэрии түмүктэммит.
  • 1882Алексей Гастев — нуучча революционера, боропсойуус диэйэтэлэ, бэйиэт уонна суруйааччы, үлэ хаамыытын уонна тэрээһинин тэрийии теоретига уонна Үлэ киин үнүстүүтүн салайааччыта.
  • 1892Марина Цветаева — нуучча бэйиэтэ, тылбаасчыта, XX үйэ бөдөҥ бэйиэтттэриттэн биирдэстэрэ.
  • 1911 — Анастасия Парникова (2001 өлб.) — саха устуоруйатын, ол иһигэр сахалар XVII үйэҕэ тарҕанан олорууларын чинчийбит учуонай, устуоруйа билимин хандьыдаата.
  • 1919 — Иннокентий Попов (1975 өлб.) — устуоруйа билимин хандьыдаата, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа. Саха государственнай университетын ректора (1959—1973).
  • 1933 — Иван Алексеев (1995 өлб.) — бэйиэт, драматург, суруналыыс. Арассыыйа Суруйааччыларын холбоһуктарын чилиэнэ. СӨ култууратын үтүөлээх диэйэтэлэ.
  • 1939 — Федор Зыков — устуоруйа билимин хандьыдаата, сахалар материальнай култуураларыгар идэлээх этнограф.
  • 1954Егор Старостин - Байаҕантай (28.07.2018 өлб.) — теплофизик, геокриолог учуонай, техническэй билим дуоктара, Хоту дойду физикаҕа-техникаҕа кыһалҕаларын үнүстүүтүн дириэктэрэ, бэйиэт, Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ[1].
  • 1965 — Пётр Порошенко — Украина судаарыстыбатын уонна бэлиитикэтин диэйэтэлэ, урбаанньыт уонна миллиардер, 2014-2019 сылларга Украина бэрэсидьиэнэ.


  1. В.Н. Павлова Писатели Якутии : библиографический справочник. — Якутск: Бичик, 2019. — 720 с. — ISBN 978-5-7696-5751-1