2001
Сыллар |
---|
1997 1998 1999 2000 — 2001 — 2002 2003 2004 2005 |
Уоннуу сыллар |
1970-с 1980-с 1990-с — 2000-с — 2010-с 2020-с 2030-с |
Үйэлэр |
XX үйэ — XXI үйэ |
2001 сыл.
Туох буолбута
уларытТохсунньу
уларыт- Тохсунньу 10 — Бикипиэдьийэ бастаан тахсыыта («Нупедия» бырайыак иһинэн). 5 хонугунан туспа ситим-сир (саайт) буолбут.
- Тохсунньу 11 — Духуобунас акадьыамыйатын мунньаҕар СӨ Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев икки киһиэхэ акадьыамык дьупулуомун туттарбыт: бэйиэт, драматург суруйааччы Владимир Федоровка уонна литературовед Иван Спиридоновка.
- Тохсунньу 15 — Бикипиэдьийэ ситимҥэ тахсыбыт.
- Тохсунньу 26 — Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнин Михаил Николаев көҕүлээhининэн Хаҥалас улууhугар "Орто Дойду" зоопарка тэриллибит. Зоопарка 2001 сыл ыам ыйын 18 күнүгэр бастакы ыалдьыттарын көрсүбүтэ.
- Тохсунньу 29 — Тыһыынчанан устудьуоннар Индонезияҕа түмэн дьиэтин штурмалаабыттар уонна бэрэсидьиэн Абдуррахман Вахиды хоруупсуйаҕа буруйдаан дуоһунаһыттан барарыгар модьуйбуттар.
Олунньу
уларыт- Олунньу 12 — NEAR Shoemaker диэн космос аппарата бастакынан астероидка "сымнаҕастык" олорбут.
- Олунньу 14 — Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын "Сахалыы таба суруйуу сиэрин туһунан" 83 №-дээх уурааҕа тахсыбыт. Онтон 2015 сыл ахсынньы 22 күнүнээҕи бырабыыталыстыба 501 №-дээх уурааҕынан саҥа таба суруйуу сиэрэ тахсыбыта.
- Олунньу 15 — Nature сурунаалга бастакытын киһи толору генома бэчээттэммит.
Кулун тутар
уларыт- Кулун тутар 23 — «Мир» орбита станцията Чуумпу далай соҕуруу өттүгэр Фиджи арыыларыттан чугас тимирдиллибит.
Муус устар
уларыт- Муус устар 8 — Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Пр-648 № дьаһалынан ПНО "Якуталмаз" баайын-дуолун федеральнай бас билиигэ төннөрөргө уонна федерация бас билиитигэр баар "АЛРОСА" АХ аахсыйаларын ыйааһынын 51% тириэрдэргэ дьаһайбыт. Бу кэмҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ аахсыйа 40% баара (8% Бүлүү улуустарын аахтахха), АЛРОСА-ҕа бэйэтигэр — 23%, Мииринэй уонна Ленскэй оройуоннарга биирдии бырыһыан тиксэрэ, 23% үлэһиттэргэ, 5% — байыаннайдар социальнай гарантияларын пуондатыгар.
- Муус устар 21 — Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ скульптор Эдуард Пахомовка анаммыт.
- Муус устар 28 — бастакы турист Деннис Тито космоска көппүт.
Ыам ыйа
уларыт- Ыам ыйын 6 — Историяҕа бастакынан Римскэй папа (Иоанн Павел II) мусульманнар таҥараларын дьиэтигэр сылдьыбыт.
- Ыам ыйын 16 — 17 чыыһыла буолар түүнүгэр Өлүөнэ өрүс халааннаан Лиэнскэй куораты ылбыт.
- Ыам ыйын 18
- Лиэнскэйгэ 17 чыыһыла буолар түүнүгэр куораты ылбыт халаан уута бу күн муҥутуур 20,12 м үрдүккэ тахсыбыт, Михаил Николаев ЧС биллэрбит. Халаан түмүгэр алта киһи өлбүт, уопсайа 30,8 тыһ. киһи эмсэҕэлээбит. 193 мас уонна 44 таас дьиэ урусхалламмыт эбэтэр сорҕото алдьаммыт, 249 бырамыысыланнас эбийиэгэ эмсэҕэлээбит. Хоромньу кээмэйэ 6 млрд. солк. тэҥнэспит.
- "Орто Дойду" зоопарка бастакы ыалдьыттарын көрсүбүтэ.
- Ыам ыйын 24
- Нууччалыы Бикипиэдьийэҕэ бастакы ыстатыйа тахсыбыт.
- РФ бэрэсидьиэнэ халаан уутуттан эмсэҕэлээбит Лиэнскэйгэ сылдьыбыт.
От ыйа
уларыт- От ыйын 17 — Ил Түмэн Михаил Николаев бэрэсидьиэнинэн үһүс болдьоххо барарын көҥүллүүр Конституцияҕа уларытыы киллэриини ылымматах.
Балаҕан ыйа
уларытАлтынньы
уларыт- Алтынньы 7 — АХШ сэриилэрэ «Тулхадыйбат көҥүл» диэн операция чэрчитинэн Афганистаҥҥа саба түспүттэр. Икки ыйынан ахсынньы 7 күнүгэр Талибан бүтэһик улахан куората Кандагар сууллубутугар сэрии сүрүн кэрдииһэ түмүктэммит. Ол эрэн бартыһаан сэриитэ тохтооботоҕо. АХШ сэбилэниилээх күүстэрин 2014 сыллаахха Афганистантан сүрүннээн таһаарбыта. Бу АХШ устуоруйатыгар саамай уһун сэрии, Афганистан 1978 сыллаахтан салҕанар гражданскай сэриитин сорҕото буолар.
- Алтынньы 8 — Арассыыйа Киин быыбардыыр хамыыһыйатын баһылыга Алекснадр Вешняков Михаил Николаев үһүс болдьоххо барар бырааба суоҕун туһунан этиммит.
- Алтынньы 11 — Ил Түмэн СӨ конституциятын 67-с ыстатыйатын уларытартан иккистээн батыммыт. Бу уларытыы Михаил Николаев үһүс болдьоххо барарын көҥүллүөхтээҕэ.
- Алтынньы 18 — Саас халаантан эмсэҕэлээбит Лиэнскэй куоракка РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сылдьыбыт.
- Алтынньы 19 — Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев аныгыскы бэрэсидьиэн быыбарыгар эмиэ бэйэтин туруорунарын туһунан биллэрбит. Киниэхэ бу үһүс болдьох буолуохтаах этэ даҕаны, Саха Өрөспүүбүлүкэтин конституцията ону боборо. Арассыыйа сорох субъектара губернатор үһүс болдьоххо олорорун бу саҕана көҥүллээбиттэрэ, оттон Ил Түмэн конституцияҕа итинник уларытыыны киллэрбэтэҕэ. Икки ыйынан ахсынньы 13 күнүгэр Михаил Николаев бэйэтин кандидатуратын быыбартан устубута уонна Вячеслав Штыровка куоластыырга ыҥырбыта.
- Алтынньы 25 — Microsoft Windows XP тахсыбыт.
Сэтинньи
уларыт- Сэтинньи 13 — Хотугу альянс сэриилэрэ Афганистаан киин куоратыгар Кабулга киирбиттэр.
- Сэтинньи 23 — Дьокуускайга Саха сирин айар интэлигиэнсийэтин АЛРОСА хампаанньа туругун көмүскүүр мунньаҕа буолбут. Мунньахха түмсүбүт 401 киһи Саха сирин баайын былдьааһыны утарар ыҥырыыга илии баттаабыттар.
- Сэтинньи 27 — Хаббл телескоп Осирис (HD 209458 b) диэн экзопланетаҕа водородтан турар атмосфера булбут. Атын сулустар тастарыгар баар экзопланеталарга бастакытын атмосфера булуллубут. Осирис Күнтэн 153 сырдык сыл ыраах баар Юпитерга майгынныыр итии планета буолар.
- Сэтинньи 28 — Дьокуускайга быыбар айдаана. Бэрэсидьиэҥҥэ турбут хандьыдааттарга үлэлиир Москубаттан сылдьар пиарщиктары борукуратуура доппуруостуур.
Ахсынньы
уларыт- Ахсынньы 1 — «Биир ньыгыл Арассыыйа» бэлиитикэ баартыйата тэриллибит.
- Ахсынньы 2 — Enron моҥкуруут буоларын туһунан биллэрбит.
- Ахсынньы 11 — Кытай Аан дойдутааҕы эргиэн тэрилтэтигэр (ВТО) киирбит.
- Ахсынньы 13 — Михаил Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнин быыбарыттан бэйэтин кандидатуратын устубут уонна Вячеслав Штыровка куоластыырга ыҥырбыт.
- Ахсынньы 19 — Аан дойду устуоруйатыгар саамай үрдүк салгын баттааһына — 1085,6 гПа (814,3 мм рт. ст.) — Монголия хотугу Хубсугул аймагар бэлиэтэммит.
- Ахсынньы 22 — Афганистааҥҥа Хотугу Альянс баһылыга Бурхануддин Раббани былааһы Хамид Карзай баһылыктаах бырабыыталыстыбаҕа туттарбыт.
Төрөөбүттэр
уларыт- Ахсынньы 18 — Билли Айлиш, ырыаһыт уонна ырыа суруйааччы.
Өлбүттэр
уларыт- Алексеев Михаил Федорович (15.02.1928—2001) — Социалистическай Үлэ Геройа.
- Кондратьев Аким Андреевич (19.03.1931—2001) — учуутал, поэт, суруналыыс.
- Тохсунньу 15 — Павел Лухнев — Дьокуускайтан ыҥырыллыбыт Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Албан аат уордьанын толору кавалера.
- Кулун тутар 6 — Бүөтүр Тобуруокап, Саха народнай поэта, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.
- Балаҕан ыйын 16 — Самыров Афанасий Васильевич (14.03.1935—16.09.2001) — идэлээх сойуустар диэйэтэллэрэ.
- Балаҕан ыйын 19 — Томскай Иннокентий Егорович (01.03.1934—19.09.2001) — саха биллиилээх учуонайа, экономика билимнэрин доктора.
- Балаҕан ыйын 26 — Парникова Анастасия Степановна (26.09.1911—26.09.2001) — саха устуоруйатын чинчийбит учуонай, история билимин кандидата.
- Ахсынньы 31 — Пахомов Андрей Кириллович (07.10.1936—31.12.2001) — история билимин кандидата.